«Ааҕыы сылын» үөрүүлээхтик сабыы

2023 сыл тохсунньу 16-20 күннэригэр  Үөрэҕи сайыннарар уонна учууталлар идэлэрин үрдэтэр үнүстүүккэ оскуола бибилэтиэкэрдэригэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи 5 күннээх курс буолан ааста. “Ааҕыы Сылын” түмүктүүр тэрээһин чэрчитинэн, сыл устата ыытыллыбыт үлэлэри ырытан, салгыы үлэлэһэргэ саҥа соруктары ылыннылар. Үлэ былаана торумнанна. Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар ыытыллыбыт үлэ опыта киэҥник тарҕанна, биһирэннэ. Салгыы үлэлииргэ саҥа саҕахтар арылыннылар.

Тохсунньу 18 күнүгэр – бээтинсэҕэ “Ааҕыы Сылын” түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла.   Үнүстүүт аактабай саалатыгар дьон бөҕө тоҕуоруһа муһунна.

Үөрүүлээх тэрээһини Дьокуускай куорат иккис нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ (Салайааччы-Филатова Наталья Петровна) хоһоон ааҕыытынан саҕалаатылар. Бииртэн биир чулуу көрүҥнээх, сөҥ куоластаах уолаттарбыт, төрөөбүт тылларынан, омук да тылынан, киэн тутта хоһоон ааҕыылара мустубут дьону долгутта, дьикти кэрэ алыптаах турукка киллэрдэ.

Салгыы куорат 26-с нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччитэ Ян Попов, хомуска дьүрүһүтэ оонньоон, мустубут дьону барыларын биир ситимҥэ холботолоото, хомус дьүрүскэн тыаһынан абылаата.

Үнүстүүт дириэктэрэ Ньургун Михайлович Павлов кэлбит дьону эҕэрдэлээн, тыл эттэ. Үлэ бастыҥнарыгар эҕэрдэ, махтал суруктары туттартаата.

Онтон бары литэрэтииринэйй кафе ыалдьыттара буоллубут. Кафебыт менютыгар сахабыт бастыҥ суруйааччыларын айымньыларын көрөн олус үөрдүбүт. Бары утаппыттыы, биирдии кинигэни сакаастаатыбыт. Кинигэ тас көрүҥүттэн саҕалаан, ис хоһоонугар тиийэ, кинигэбитин мустубут дьоҥҥо сырдаттыбыт. Саамай сүүмэҕин булан, бу кинигэни хайаан да ааҕалларыгар сүбэлээтибит,  ыҥырдыбыт. Оскуола оҕолорун оруолугар киирэн оонньоон, оҕо сааспытын санаан ылан, бары күлсэн-үөрэн, “учууталбытыгар” Ирина Иннокентьевна Черкашинаҕа махтанныбыт. 

Ол кэнниттэн ыҥырыылаах суруйааччыларбыт, бэйиэттэрбит бэйэлэрин айымньыларын ааҕан, үгүс киһини поэзия кэрэ алыптаах эйгэтигэр уһуйдулар. Бэйэни билиһиннэрии, санаа атастаһыыта үрдүк таһымҥа ааста.

Кондратьев Петр Петрович – СӨ Үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ методиһа, “Учууталлар учууталлара”, ССРС, РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Норуоттар икки ардыларынааҕы “Инновация и развитие” форум бочуотунай чилиэнэ, А.С.Макаренко аатынан мэтээл хаһаайына, педагогическай наука кандидата. Чурапчылары күүс өттүнэн хоту көһөрүү кыттыылааҕа. Дидактикаҕа, педагогикаҕа, тылга, иитиигэ сыһыаннаах босуобуйаларын таһынан, олоҕун кэрчигин хоһооҥҥо холбуур, кэпсээҥҥэ киллэрэр бэрт дириҥ ис хоһоонноох үгүс айымньылардаах. Мустубут дьоҥҥо буруолуу сылдьар хоһоонун ааҕан,  күллэрэн да ылла. Сытыытык турар сүрүн кыһалҕабытын – сахабыт тыла, аныгы олох дьалҕааныгар үтүрүттэрэн, сорох түгэннэргэ сымсаан, тутахсыйан ыларын бэлиэтээн, биир эрэ хоһоонунан чаҕылхайдык арыйан, барыбытын сөхтөрдө.   Быыһыгар, үөрэтэн да ылла, сүбэ-ама биэрдэ.

Гаврильева Оксана Павловна-Айсаана – “Аанньаллар”, “Күһүҥҥү таптал” кинигэлэр ааптардара. “Кыым”, “Кэскил” хаһыаттарга, “Чолбон”, “Күрүлгэн” сурунаалларга кэпсээннэрэ куруутун бэчээттэнэллэр. Литэрэтиирэ сылыгар уонна Амма Аччыгыйын үбүлүөйүгэр анаммыт оҕоҕо аналлаах айымньылар сабыылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Айар ыллык” литэрэтииринэй күрэххэ “Сэһэн” анал аат кыайыылааҕа. Хатас орто оскуолатын нуучча тылын учуутала. Арассыыйа бэрэсидьиэнин В.В.Путин Гранын кыайыылааҕа. Педагогическай наука кандидата.

Божедонова Татьяна Николаевна – Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ. Хотугу Илиҥҥи федеральнай университет Байыаннай үөрэхтээһинин киинин методическай кэбиниэтин сэбиэдиссэйэ. Үөһээ Дьааҥыттан төрүттээх талааннаах тылбаасчыт быһыытынан ааҕааччы киэҥ араҥатыгар биллэр. Улуу нуучча суруйааччыларын Иосиф Бродскай, Марина Цветаева, Анна Ахматова айымньыларын сахалыы саҥардар ураты талааннаах. Осип Мандельштам айымньыларын төрөөбүт сахабыт тылынан ааҕан, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылыан ылла.     
 

Каженкин Рустам Николаевич-Арчы Уола. 2013 сыллаахтан Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. 2007 сыллаахтан Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ. Саха государственнай университетыгар үөрэнэн, литературнай критик уонна редактор идэтин ылбыта. Билигин Дьокуускай куоракка “Айыы кыһата” оскуолаҕа саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэлиир. Иллэҥ кэмигэр иэйии кутугар ылларан, хомоҕой хоһооннору айар-тутар. Аныгы үйэ сиэринэн, куйаар ситиминэн күүскэ тарҕанар. “Санаа ситимэ”, “Олук тыл”, “Таас тойуга”, “Сааһа суох сүрэх ырыата” диэн хоһоонун хомуурунньуктара ааҕааччы киэҥ сэҥээриитин ылаллар.

Хоһоон хомоҕой түһүлгэтигэр бэйэлэрин иэйиилэрин бэлэхтээтилэр: Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт дириэктэрэ Ньургун Михайлович Павлов, дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Ольга Иннокентьевна Михалёва, филология кафедратын старшай преподавателэ Февронья Васильевна Ядрихинская, өрөспүүбүлүкэтээҕи суруйааччылар “Иэйии” КСТ чилиэнэ, Чурапчы литэрэтииринэй түмсүүтүн чилиэнэ Наталья Сергеева-Аана Кыыһа, Бурнашева Оксана Васильевна-Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын педагог-библиотекара, Кэбээйи орто оскуолатын педагог-библиотекара Егорова Александра Алексеевна.

Дьоро түһүлгэ кыттыылаахтара бары олус астынан, дууһалыын сынньанан, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, үөрэ мичилиһэн, тарҕастылар.

Наталья Сергеева-
Аана Кыыһа, Чурапчы,
СӨ Үөрэҕириитин туйгуна

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять
Политика конфиденциальности