Учителя воины Чурапчинского улуса

Чурапчы улууьун буойун учуталлара

Макаров Дмитрий Степанович
(1917-1990)

Капитан званиелаах зенитнэй-пулеметнай полк хамандыыра. Аҕа дойду сэриитэ I степенэ орденнаах, „Германияны кыайыы иһин» мэтээллээх. Саха Государственнай университетын доцена, философскай наука кандидата. 
 

1937 с. Чурапчы педучилищетын бүтэрэн, Алаҕар сэттэ кылаастаах оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан, 1940 с. үөрэх салаатын инспекторынан үлэлээбитэ. 1940 с. Дьокуускайдааҕы педагогическай институтка үөрэнэ киирбитэ. 
 

1942 с. бэс ыйын 20 күнүгэр сэриилэһэр Кыһыл армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. 32-с саппааска турар хайыһар полкатыгар саллаатынан сырыттаҕына, Ураллааҕы байыаннай-политическай училищеҕа үөрэххэ ыыппыттара. 1943 с. үөрэҕин бүтэрбит эдэр офицеры салгынтан саба түһүүнү утары охсуһар 79-с стрелковай дивизия 45-с зенитнэй-пулеметнай полкатыгар хамандыырынан ыыппыттара. 1946 с.  капитан М.С.Макаров дойдутугар этэҥҥэ эргиллибитэ. 
 

1949 с. Дьокуускайдааҕы пединституту бүтэрбитэ. 1956-1961 сс. философскай наука кандидатыгар диссертацияны көмүскээбитэ. Ити кэмтэн олоҕун тиһэх күннэригэр диэри СГУ философия кафедратыгар старшай преподавателинэн, кэлин доценынан үлэлээбитэ. Кини 90-тан тахса научнай үлэни суруйбута. Үгүстүк университет парткомун чилиэнинэн, кафедра сэбиэдиссэйин солбуйааччынан үлэлээбитэ.

 Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.

Чурапчы улууьун буойун учууталларын биографияларын манна билсиэххитин син материалы для увековечения памяти о воинах-педагогах Чурапчинского улуса

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять
Политика конфиденциальности