Сэтинньи 24 кунугэр Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэhин тумуктуур туhулгэ буолан ааста.
Тумуктуур туhулгэни иилээн-са5алаан ыытта Алевтина Петровна Аргунова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна наукатын миниистирин I солбуйааччыта.
Тэрээhин бочуоттаах ыалдьыттарынан буоллулар Александр Николаевич Жирков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» сокуон 30 сылыгар аналлаах тэрээһиннэри ыытар уонна бэлэмниир хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, педагогикаҕа билим дуоктара, бэрэпиэссэр Феодосия Васильевна Габышева уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Васильевич Местников.
Алевтина Аргунова биллэрбитинэн, сийиэс улэтигэр барыта 548 дэлэгээт, ол иhигэр 9 боучоттаах дэлэгээт, 41 ынырыылаах ыалдьыт, 17 улуус баhылыга, 20 улуустаа5ы уонна куорат үөрэ5ин салалтатыттан, 32 оскуола дириэктэрэ, 29 алын суhүөх учуутала, 31 дьыссаат иитээччитэ, 245 саха тылын уонна литературатын, култууратын учуутала, 28 эбии үөрэхтээhин педагога, 31 тереппут уонна уопсастыбынньык, 5 суруйааччы, 8 наука дуоктара, 24 наука кандидата, ону таhынан 60 федеральнай уонна ереспуубулукэтээ5и араас тэрилтэлэр кыттыыны ыллылар. Сийиэс бырагырааматыгар 38 то5оостоох тиэмэлэринэн тэрээhиннэр ыытылыннылар, ол иhигэр уерэх ситимигэр тирээн турар тыын боппуруостары быhаарыстылар, кэпсэтиилэр, санаа атастаhыылар буоллулар. Быйылгы сийиэс улэтигэр суhүөхтэринэн кэпсэтиилэр ыытыллыбыттарын дэлэгээттэр сэнээрдилэр. 39 алын категориялаах (СЗД), 72 бастакы категориялаах, 254 урдук категориялаах, 5 сылга дылы ыстаастаах -13, 10-тан уеhэ ыстаастаах -212 учуутал, 25 үөhэ ыстаастаах- 112 учуутал кыттыыны ыллылар.
Сийиэс сүрүн этиилэр үөрэх тэрилтэлэригэр сахалыы үөрэнэр кылаастары, дьыссаат группаларын аhыыны, саха норуотун үгэстэрин, сиэрин –туомун, култууратын билиhиннэрэр эйгэни тэрийиини (холобура, уус кыhаларын арыйыы), саха тылын, култууратын уhуйаанна үөрэтии, төрөппүттэри кыттта үлэни кытта сибээстээхтэр. “Эркээйи эргиирэ” бырагырааманы хас биирдии үөрэх тэрилтэлэригэр тарҕатан умнаахтык киллэрэрии туhунан, үөрэх кинигэтин ис хоhоонун аныгы оҕо уйулҕатын, төрөөбүт тылын билиитин таhымын учуоттаан оҥорор туhунан элбэх этиилэр киирдилэр. О5олорго анаан тахсар медиапродукция5а субэни тэрийии боппуруоhугар бол5омто ууруохпутун наада диэн мунньах кыттыылаахтара бэлиэтээтилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталастыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, тэрийэр бөлөх бэрэссэдээтэлэ Сергей Васильевич Местников биллэрбитинэн сийиэс аны биэстии сыл буолбакка эрэ ус сыл буола-буола ыытыллыага. Бу олохпут тэтимэ тургэн буолбутуттан, кэккэ уларыйыыларга сеп тубэьэн иьиэхтээхпит диэн санааттан буолар.
Үөрэх эйгэтигэр ер кэмнээх ситиhиилээх улэлэрин, кэлэр кэнчээри ыччаты иитиигэ- уерэтиигэ сункэн кылааты киллэрсэллэрин, уопсастыба оло5ор актыыбынай кыттыыларын иьин
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэ5ириитин ситимин туйгуна анал аат инэриллиннэ:
-
ВАСИЛЬЕВА Аида Николаевна5а, Дьокуускай куорат 33 нуемэрдээх оскуолатын саха тылын уонна литературатын учууталыгар;
-
КАРАТАЕВА Ольга Самуиловнага, Булуу улууьун Николай Нифонтович Каратаев аатынан Тааьа5ар орто оскуолатын саха тылын. литературатын учууталыгар;
-
ЛАЗАРЕВА Чээнэ Анатольевна5а, Уеьээ-Булуу улууьун Уеьээ– Булуутээ5и 2-с нуемэрдээх Марк Трофимович Егоров аатынан орто оскуолатын саха тылын. литературатын учууталыгар;
-
ПЕТРОВА Жанна Николаевна5а, Дьокуускай куорат 7-с нуемэрдээх оскуолатын саха тылын. литературатын учууталыгар;
-
ПРОКОПЬЕВА Софья Ивановна5а, Ханалас улууьун Петр Семенович Скрябин аатынан бастакы Дьеппен орто оскуолатын саха тылын. литературатын учууталыгар.