Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 390с., Саха АССР тэриллибитэ 100, саха тылын үөрэтии саҕаламмыта 100 сылларын көрсө бу дьыл сэтинньи 23-24 күннэригэр саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II-с өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһэ ыытыллара былааннанар.
Төрөөбүт тыл уонна литература учууталларын II-с сийиэһин көрсө элбэх кэпсэтиһии, чопчулаһыы, сүрүн соруктары торумнааһын буола турар. Сийиэс чэрчитинэн ыытыллар сүрүн тэрээһиннэри С.Н.Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт иилиир-саҕалыыр, сүрүннүүр тэрилтэ быһыытынан ананна.
2017 сыллаахха ыытыллыбыт саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын I-кы өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бары улууһуттан, Дьокуускай куораттан 550 дэлэгээт уонна 49 ыалдьыт кыттыыны ылбыта. I-кы сийиэскэ пленарнай мунньах, араас суолталаах тиэмэни таарыйар төгүрүк остуол уонна саха тылын, уонна литературатын, култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин бырайыактыыр үлэ хас да хайысханан тэриллибитэ. Сийиэс дэлэгээттэрэ саха тылын, литературатын уонна култууратын үүнэр көлүөнэбитигэр, кэлэр кэскилбитигэр тиэрдэр, сайыннарар туһугар этиилэрэ туһааннаах тэрилтэлэргэ тиэрдибит этиилэрэ төһө олоххо киирбитин чинчийэн, үөрэтэн баран ол түмүгүнэн кэпсэтиһии буолара ирдэнэр.
I-кы сийиэс кэнниттэн үөрэтии-иитии эйгэтигэр үгүс уларыйыы таҕыста. Быйылгы дьылга диэри тирэх быһыытынан туттуллубут Арассыыйа Бэдэрээссийэтин үөрэҕин судаарыстыбаннай ыстандаартыгар уларытыылар киирдилэр. Онно этиллэринэн, Арассыыйа норуоттарын төрөөбүт тылларын, нуучча тылын судаарыстыбаннай тыл быһыытынан үөрэтиини кытта тэҥҥэ, күүскэ уонна толору үөрэтии туһунан этиллэр. Саха тылын учууталын быраабын туһунан, билиҥҥи үөрэх тиһигэр кини оруола, саха тыла уонна кэбиниэтэ, саҥа кэм ирдэбилигэр эппиэттиир сахалыы учуобунньуктар, орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһатыгар саха тылын, уонна литературатын, култууратын үөрэтии, оскуолаҕа киирэ илик саастаах оҕону төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии туһунан, төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ төрөппүт оруолун туһунан; куорат эйгэтигэр саха тылын үөрэтии кыһалҕатын уонна инникитин туһунан, саха тылын, литературатын, кэпсэтии тылын олимпиадатын туһунан, онтон да атын тыын боппуруостар, тоҕоостоох тиэмэлэргэ төгүрүк остуоллар, санаа атастаһыылар ыытыллыахтара, иһитиннэриилэр буолуохтара, быыстапкалар тэриллиэхтэрэ.
Кэлэр 2023 сыл Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан дойду үрдүнэн “Педагог уонна настаабынньык” сылынан биллэриллибитинэн Саха сиригэр төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ-иитиигэ, саха тылын сайыннарыыга сыһыаннаах тэрилтэлэри ситимнээх үлэҕэ киллэриигэ, саха тылын үөрэтэр учуутал ыстаатыһын үрдэтиигэ кэскиллээх чопчу этиилэри түмэн, буолаары турар сийиэс үлэтэ бу этиллибит хайысхаларынан, таарыллар тиэмэлэринэн, ыытыллар төгүрүк остуолларынан түмүктээх, таһаарыылаах буоларыгар быһаарыныылаах хамсааһыннар оҥоһуллан, дириҥ ис хоһоонноох санаа атастаһыылара тахсан, кэлэр III-с сийиэс үлэтин былаана онно тирэнэн торумнаныах тустаах.
Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр
үнүстүүт уопсастыбаннаьы кытта сибээьин салаата