Саха Өрөспүүбүлүкэтин  үөрэҕин уонна билимин миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Аргунова өрөспүүбүлүкэтээҕи төрөппүт сугулаанын торумугар кыттыыны ылла

Олунньу 18 күнүгэр А.Г уонна Н.К Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай  куорат национальнай гимназиятыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин  үөрэҕин уонна билимин миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Аргунова өрөспүүбүлүкэтээҕи төрөппүт сугулаанын торумугар кыттыыны ылла.

“Аныгы кэм сатабылларын сахалыы тиэрдэбит” оҕо сахалыы саҥатын  сайыннарыы, сахалыы иитии сонун, оҕолорго кэрэхсэбиллээх ньымаларын көрдөрүү    сыаллаах араас маастар -кылаастарын көрдө.

Маастар кылаастар кэннэ  “Төрөппүт кэмитиэтин үлэтигэр саҥа көрүүлэр” диэн  тобул туьулгэ ыытылынна. Алевтина Петровна Саха о5ото бэйэтин сахалыы тылын билиэхтээх, оччо5уна кыайыгас – хотугас, уэрэ5и – билиини  ылымтыа , олоххо тардыьыылаах буолан улаатарарыгар төрөппүт улахан оруолу оонньуурун бэлиэтээтэ. Ону кытта туорумҥа кыттыыны ылбыт ыалдьыттарга уонна тэрийээччилэргэ төрут тыл декадата саҕаламмытынан итии истин эҕэрдэтин уонна   истиҥ баҕа санаатын эттэ. Туорум тэрийээччилэригэр махтал сурук туттарда уонна маннык тэрээһин сыл ахсын буолара наадалааҕын бэлиэтээтэ.

Тобул түһүлгэ кэннэ кыттааччылар бөлөхтөргө арахсан проектнай улэлэрин оҥорон көмускээтилэр . Уопсайа туорумҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин 14 улууһуттан төрөппүт кэмитиэтин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять
Политика конфиденциальности