2022сылгатөрөөбүт тылга ордук болҕомто уурулунна. Ол курдуксуолталаах тэрээһиннэр да, быһаарыныылаах кэпсэтиилэр да сыл устата тиһигин быспакка ыытылыннар. Сүрүн тэрээһиннэринэн үс улахан сийиэһи бэлиэтээн этиэххэ сөп. Сэтинньи ыйга икки суолталаах тэрээһин биир кэмҥэ буолбута: Москуба куоракка Уһук Илин, Сибиир, Уһук Хоту аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар төрөөбүт тылларын уонна литератураларын учууталларын III-с Бүтүн Арассыыйатааҕы сийиэһэ уонна Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт саха тылын, литературатын, култууратын учууталларын II-с өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһэ. Ити этиллибит икки тэрээһини түмэр, түмүктүүр хайысхалаахБүтүн Арассыыйатааҕы төрөөбүт тыл учууталларын бастакы сийиэһэМоскуба куоракка ахсынньы ый 13-14 күннэригэр буолан ааста.
Ахсынньы ый 23 күнүгэр С.Н.Донской II-c аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүккэтөрөөбүт тылынан үөрэтиигэ-иитиигэ хайысхаламмыт ахсынньы ыйдааҕы сийиэс уонна саха тылын, литературатын уонна култууратынүөрэтии кэнсиэпсийэтигэр салгыы ыытыллыахтаах үлэ хайысхатын уонна да атынсуолталаах, дьоһуннаах тэрээһиннэр тустарынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, педагогикаҕа билим дуоктара, бэрэпиэссэрГабышева Феодосия Васильевнасалайыылаах түмүктүүр сүбэ мунньах сирэй да, куйаар ситиминэн да буолан ааста. Мунньахха Үөрэх уонна наука миниистирин бастакы солбуйааччыта Аргунова Алевтина Петровна, С.Н.Донской-2 аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт дириэктэрин солбуйааччылара Михалева Ольга Иннокентьевна, Дедюкина Светлана Валериановна, Кэнсиэпсийэни суруйууга быһаччы үлэлэспит бөлөх салайааччылара, С.А.Новгородоваатынан «Айар” кинигэ кыһатын уоннаН.Е.Мординов -Амма Аччыгыйын аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин бэрэстэбиитэллэрэ, саха тылын уонна литературатын учууталлара сырыттылар.
Бүтүн Арассыыйатааҕы төрөөбүт тыл учууталларын бастакы сийиэһигэр 75 эрэгийиэнтэн 250 дэлэгээт кыттыыны ылла. Сийиэс сүрүн сыала- төрөөбүт тылы уонна литератураны, култуураны үөрэтиигэ-иитиигэ тирэх буолар “Төрөөбүт тыл уонна төрөөбүт литература”, “ Төрөөбүт тыл уонна литература ааҕыыта” биридимиэттэр сүрүн ис хоһооннорун тупсарыы, ыстаатыстарын үрдэтии, учууталлар күүстэрин түмэн сөптөөх хайысханы ыйан-салайан биэрии, тирээн турар кыһалҕаларга бар дьон болҕомтотун тардыы.Сийиэс үлэтигэр сүрүннээн төрөөбүт тылы, төрөөбүт литератураны, култуураны үөрэтиигэ Арассыыйа Федерациятын сокуонунан салаатын күүһүрдүү, чопчулааһын; тыл бэлиитикэтин уонна судаарыстыбаннай үөрэхтээһин хайысхатын олоххо киирэр суолларын, учуобунай босуобуйа, үөрэх бырагыраамаларын оҥоруу бириинсиптэрин, элбэх омук олорор эйгэтигэр хас биирдии омук уратытыгар болҕомтону ууруу, Арассыыйа Федерациятын аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар тылларын сайыннарыы уонна харыстааһын, элбэх, икки тылынан үөрэнэр үөрэх эйгэтигэр төрөөбүт тылы үөрэтиини тэрийии, сыыппара эйгэтигэр тирэнэн үөрэх эйгэтин тэрийии, тус омугунан киэн туттарга иитии, Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр оҕолорго уонна эдэр ыччакка төрөөбүт тылынан үөрэнэр, саҥарара баҕаны көҕүтэр араас хайысханы, тэрээһини ыытыы туһунан, төрөөбүт тылы, литератураныны, култуураны үөрэтэр бастыҥ, чаҕылхай уопуттарга тирэнии уонна да атын боппуруостар көрүлүннүлэр.
Феодосия Васильевна бэлиэтииринэн, Бүтүн Арассыыйатааҕы төрөөбүт тыл учууталларын бастакы сийиэһигэр төрөөбүт тылы, литератураны, култуураны үөрэтэргэ аналлаах учуобунньуктар, үөрэх кэмпилиэктэрэ, бырагыраамаларабэчээттэнэн тахсан баран анал бэрэбиэркэни(экспертизаны) ааһыыларын тэрийэн, хас биирдии үөрэх тэрилтэтигэр төрөөбүт тылынан үөрэтиини хааччыйан, “Төрөөбүт тыл уонна төрөөбүт литература”, “ Төрөөбүт тыл уонна литература ааҕыыта” биридимиэттэри үөрэтии булгуччулаах буоларын, чаас кыччаабатын, төрөөбүт тылынан үөрэтии оскуола иннинээҕи саастаах оҕолортон саҕалаан уопсай үөрэхтээһин тиһиктээх буоларын, оҕолорго уонна эдэр ыччакка аналлааах саҥа сонун бырайыактары өйөөн, каадыры бэлэмнээн таһаарар боппуруоһу систиэмэлээн, аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларын үөрэтэр оскуолалар түмсүүлэрин тэрийэн, төрөөбүт тылларга хайысхаламмыт араас таһымнаах тэрээһиннэри элбэтэн, кэҥэтэн, оҕолору, ыччаты уонна төрөппүттэри кытта өйдөтөр үлэни онтон да атын кэккэ суолталаах салааларыАрассыыйа Федерациятын Үөрэҕин министиэристибэтэ болҕомтоҕо ылан ситимнээх үлэ хайысхатын сүрүннүүрэ былааннанар.
Итинтэн сиэттэрэн оскуола иннинээҕи саастаах оҕо тэрилтэлэригэр, алын сүһүөххэ, уопсай уонна орто анал, үрдүк үөрэххэ саха тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтэ олохх киирэригэр үгүс тиһиктээх үлэ ыытыллыахтаах. Саха тылын, литературатын II-с сийиэһин анал түһүлгэтигэр кэпсэтии, санаа атастаһыы түмүгүнэн бу кэнсиэпсийэ барыла өссө чопчуламмыта.
Кэнсиэпсийэни суруйар хамыыһыйаоскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго, алын сүһүөххэ, сүрүн(уопсай) үөрэхтээһиҥҥэ, орто анал уонна үрдүк үөрэххэ төрөөбүт тылы үөрэтиини-иитиини сүрүн түһүмэхтэринэн наардаан дириҥ ис хоһоонноохтук үлэлиир. Манна эйгэни тэрийиигэ, үөрэтии методикатыгар, көҕүлүүр ньымаларга, олоххо киллэрэр суолларга улахан болҕомто уурулунна.
Үлэ тиһиктээх буоларыгарүөрэх методическай кэмпилиэгин, бырагырааматын оҥоһуллуутун уонна тахсыытын тиэмэнэн наардабылын былаанын барыла оҥоһулунна. Федеральнай судаарыстыбаннай ыстандаарт бары ирдэбилин тутуһан тиэмэнэн былааннаһын«Арассыыйа Федерациятын үөрэх туһунан» федеральнай сокуонугар, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан” сокуоҥҥа, федеральнай испииһэккэ киирбит учуобунньуктар(учуобунай босуобуйалар) испииһэктэригэр о.д.а туһааннаах, сыһыаннаах докумуоннарга тирэҕирэр.
Бу тиэмэнэн наардабыл былаана кэнсиэпсийэ ис хоһооно тиһиктээх буоларыгар сүрүн суолталаах далаһа буолара саарбахтаммат. Манна былааннааһын сүрүн түһүмэхтэринэн бытарыйан наарданар: 1) оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго(төрүөҕүттэн үс сааһыгар дылы, 3-4, 4-5, 5-6 саастарыгар дылы); 2) алын сүһүөххэ, орто(уопсай)үөрэхтээһиҥҥэ «Саха тыла” үөрэх биридимиэтэ(тылы билэр, билбэт оҕолорго аналлаах), “Саха тыла судаарыстыбаннай тыла” (атын омук оҕолоругар үөрэтии), “Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго чэпчэтэн үөрэтии”(адаптированная программа), “Литература ааҕыыта” (төрөөбүт тылынан), кылаас таһынан үлэни тэрийиигэ “Сахалыы уус-уран тылы дириҥэтэн үөрэтии”, “Төрүт култуура” (муодулунан үөрэтии), “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурата” (муодулунан үөрэтии), “Саха литературата”, орто анал уонна үрдүк үөрэххэ(“Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай тыла” (таһымынан үөрэтии), “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурата” (муодулунан үөрэтии) онтон да атын салааларга болҕомто ууран үөрэтии ис хоһоонун тупсаран, күүһүрдэн биэрэргэ анаан маннык барыл оҥоһулунна. Бу барыл буолар. Онон булгуччу маннык буолар диэн өйдөнүллүбэт.
Кэнсиэпсийэ үлэтин сүрүннүүр, хамыыһыйа научнай салайааччыта Феодосия Васильевна этэринэн, бөлөх салайааччылара(Никифорова Т.И., Васильева Н.И., Семенова С.С., Ефимова Н.Н., Торотоев Г.Г)бары бииргэ ситимнээхтик үлэлииргэ күүспүтүн-кыахпытын ууран туран, төрөөбүт тылы үөрэтиини-иитиини саҥа таһымҥа таһаарарга дьулуһуохтаахпыт.Онтонметодическай хайысхатыгар Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт(Павлов Н.М) тирэх буоларын туһунан этилиннэ.
Чопчу кэнсиэпсийэҕэ сыһыаннаах сийиэстэр үлэлэрин саҕана сүрүн кэпсэтиилэр тустарынан улуус, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар сырдаттылар, тэлэбиидэнньэҕэ да, араадьыйаҕа да биэриилэр тиһигини быспакка буоллулар, куйаар ситимин кыаҕын киэҥник туһаннылар. Дьон сэргээтэ, сэҥээрдэ. Мунньах сүрүн сыала диэн элбэх киһиэхэ, дьоҥҥо өссө төгүл чопчулаан, быһааран биэрээри, кэпсэтиһээри тэриллиннэ.
Онон кэккэ улахан тэрээһиннэр кэннилэриттэн, түмүк докумуоннарга олоҕуран төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ-иитиигэ киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллара былааннанар.