Баһылай Манчаары аатынан “Модун” спорт киинигэр, сылын аайы ыытыллар, үгэскэ
кубулуйбут, «Папа, мама, я – спортивная семья» күрэх тэрилиннэ. Күрэҕи «Уу-чуку-чук»
уһуйаан (ИП Александрова М.А.) уонна «Дети Якутии» өрөспүүбүлүкэтээҕи
общественнай организация иилээн-саҕалаан ыыттыбыт. Тэрээһиммит бэрт өрө
көтөҕүүлээхтик спорт, чөл олох, дьиэ кэргэн бырааһынньыгын сиэринэн ааста.
Бырааһынньыкпыт арыллыытыгар «Дети Якутии» салайааччыта Валентина Жановна
Старцева уонна уһуйааммыт сэбиэдиссэйэ Ирина Матвеевна Жарина эҕэрдэ тылларын
эттилэр. Кырачааннарбыт, уһуйаан иитиллээччилэрэ Лаптева Ксения Юрьевна
салайааччылаах «Мичээр» бөлөх «Норуот ырыаларыттан быһа тардыы» ырыалары,
сахалыы музыкальнай инструменнарга доҕуһуоллатан оонньоон дьон кутун-сүрүн өрө
көтөхтө.
Спортсменнары Саха Сирин үтүөлээх тренера, тустууга спорт маастара Бурцев Петр
Иннокентиевич салайан киллэртээтэ. Барыта сэттэ хамаанда кэлэн үөрэ-көтө кытыннылар.
Хамаандалар бары бэйэ-бэйэлэриттэн уратылаахтарын «Визитка» этаапка көрдөрдүлэр.
Күрэхпит барыта сэттэ араас этааптан турда. Сахабыт сирин спортсменнарын төһө
билэллэрин туоһулуур спортивнай викторинаҕа, күрэхтэһээччилэрбит сөптөөх
эппиэттэри биэрэн соһуттулар. Кыракый спортсменнарбыт таабырын таайаннар
хамаандаларыгар эбии баал биэрэннэр үөрүүлэрэ үксээтэ.
Күрэхпит түмүктүүр эҕэрдэ үҥкүүтүн спортивнай үҥкүүнэн «Эрэлчээн» бөлөх
иитиллээччитэ Мичийэ Максимова киэргэттэ (сал. Жендринская Ньургуйаана Ивановна
«Тэлээрис» спортивнай куруһуок)
Ол курдук, тыҥааһыннаах киирсии кэнниттэн, саамай долгутуулаах бириэмэбит тигинээн
кэлэн спортсменнарбыт наҕараадалааһыны күүттүлэр. Бырааһынньыгы иилээн-саҕалаан
ыыппыт, уһуйааммыт психолога Раиса Александровна Васильева дьиэ кэргэттэр
ыккардыларыгар араас ооньуулары, викториналары ыытан бириэмэлэрин көрдөөхтүк
атаардылар. Эстрада биир чаҕылхай сулуһа, уьуйааммыт төрөппүтэ Киджа
спортсменнарга эҕэрдэ ырыатын толордо.
Дьүүллүүр сүбэҕэ председателинэн уһуйаан төрөппүтэ Григорий Григорьевич Назаров
бастакы нүөмэрдээх футбольнай, спортивнай школа методиһа буолла.
Бастакы бочуоттаах миэстэни «Тик-Так» оҕо сайдар кииниттэн «Бодрячки» хамаанда
ылары ситистэ, иккис миэстэҕэ «Белоснежка» уһуйаантан Сивцевтар дьиэ кэргэттэрэ,
үһүс миэстэҕэ эмиэ «Белоснежка» уһуйаантан «Счастливая семья» хамаанда ылан
үөрдүлэр-көттүлэр. Ону таһынан хамаандалар бары анал аакка тигистилэр.
Спортпут бырааһынньыгын тэрээһинигэр «Уу-чуку-чук» уһуйаан бары улэһиттэрэ
көхтөөхтүк кыттан, биир хамаанда буолалларын туоһулаатылар.
Бары кыттыыны ылбыт уһуйаан үлэһиттэригэр, төрөппүттэригэр барҕа махталбытын
тиэрдэбит.
Анастасия Васильевна Т
уһуйаан ст.иитээччитэ