Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиигэ болҕомто күүһүрэр.

Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийии – интэриэһинэй, умсугутуулаах уонна ураты иитэр-үөрэтэр суолталаах үлэ буолар. Нам улуустааҕы үөрэх управлениета бу сыл саҕаланыыта, олунньу ыйга, сайыҥҥы лааҕырдар программаларын оҥорууга конкурс тэрийбитэ. Онно бары оскуолалар, эбии уорэхтээьин тэрилтэлэрэ программаларын көмүскээбиттэрин истэн, дьүүллэһэн, туһалаахтарын сүүмэрдээн, сайыҥҥы былааныгар киллэрбитэ. Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын тула Нам улуустааҕы үөрэх управлениетын иитэр үлэҕэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ кылаабыай специалиһа Юлия Жергина санаатын үллэстэр.

 

-СР үөрэххэ уонна наукаҕа министерствотын кытта сөбүлэһии түһэрсибиппит, онно сайыҥҥы сынньалаҥы туһалаахтык атаарыыга, дьарыктаах буолууга, доруобуйаны тупсарыыга оҕо 75% хабар туһунан ыйыллыбыта. Ол эбэтэр биһиэхэ барыта 4344 үөрэнээччилээх эбит буоллахпытына, сайыҥҥы сынньалаҥынан 3258 оҕону хабыахтаахпыт. Онтон чуолаан, 1813 оҕо, министерствоны кытта сөбүлэһиинэн арыллыбытлааҕырдарга сылдьыахтаах. 1445 оҕо араас хайысхалаах болохторунэн (малозатратные формы отлдыха детей) хабыллаллар.

Бу сайын уопсайа 27 лааҕыр үлэлиэҕэ. Ол курдук, 19 күнүскү лааҕыр – оскуолаларга, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр уонна 8 хонуктаах. Ону таһынан улуус баһылыгын иһинэн үлэлиир межведомственнай комиссия оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиини болҕомтоҕо ылан кыттыһар, салайааччы Игнатьева Мария Семеновна. Манна улууспут дьаһалтатын, духуобунай сайдыыга, культураҕа, спортка, үөрэххэ управлениелар, баһаарынай сулууспа, роспотребнадзор, гигиенаэпидемиология киинин бэрэстэбиитэллэрэ киирэллэр у.о.а.

Быйыл оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиигэ саҥа сүүрээннэр киирдилэр.Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын, культура, спорткауправлениелара бэйэлэрин хайысхаларынан оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийэн үлэлээн эрэллэр, быйыл улуус дьаһалтата манна үбүлээһини көрдө. Холобур, культура управлениета бэс ыйыгар нэһилиэктэрин сынньалаҥ кииннэрин, библиотекаларын, музейдарын иһинэн күнүскү лааҕырдары аһан, 310 оҕону хабан олорор. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин нөҥүө быйыл былырыыҥҥытааҕар элбэх оҕо хабылынна – 191, урукку сылларга 150-160 оҕо буолара. Физическэй культураҕа, спортка управление 19 нэһилиэккэ тутар спортинструктордара миэстэлэригэр оҕолору мунньан, 3 чаас устата спортивнай күрэхтэри ыыта сылдьаллар. Ону сэргэ дьиэ кэргэн, ыччат политикатыгар управление нөҥүө дьиэ кэргэн биригээдэлэрэ тэриллэн улууспут нэһилиэктэригэр бэс ыйыгар үлэлээтилэр уонна от, атырдьах ыйдарын устата үлэлиэхтэрэ. Тоһоҕолоон бэлиэтээтэххэ, дьиэ кэргэн биригээдэлэригэр улуус дьаһалтата икки бүк элбэх үбү көрдө, ол түмүгэр элбэх нэһилиэктэри хаптыбыт.

Өссө биир саҥа көрүҥүнэн ТХУ иһинэн оҕолорго аналлаах үлэ биригээдэлэрэ атырдьах ыйыгар тэриллэн үлэлиэхтэрэ. Манна оҕолор бааһынай хаһаайыстыбаларга сыстан, күҥҥэ 3 чаас устата үлэлиэхтэрэ, хамнастаныахтара, биитэр оҕуруот аһынан аахсыахтара. Аны улуус дьаһалтатын иһинэн «Бэрээдэги кэһиини профилактикалааһын» МЦП-тан үп көрүллэн, Нам 1 №-дээх орто оскуолатыгар 2 дворовай баһаатайы үлэлэтэбит. Бу эмиэ саҥа сүүрээн буолар – былырыын  «Дьулуур» республиканскай оҕо хамсааһына биһигини өйөөн, 2 киһиэхэ хамнас көрбүт буоллаҕына, быйыл дворовай баһаатайдарбыт сайыҥҥы сынньалаҥҥа оҕолору кытта дьарыктаналлар, үлэлэрэ төлөнөр уонна онно анаан мээчиктэри булунуохтара. Быйыл 19 оҕо Краснодарскай, Приморскай кыраайдарга сынньана барыахтара, 8 оҕо Краснодарга самолетунан айаннаатылар.

Ааспыт 2021 сылтүмүгүнэн республика үрдүнэн биһиги баһылыкпыт Юрий Иннокентьевич Слепцов түөрт «Бастыҥ үлэлээх баһылыктар» ортолоругар киирбитэ, СР үөрэххэ, наукаҕа министерствотыттан Махтал суругунан бэлиэтэммитэ. Ол иһин быйылгы сайыҥҥы оҕо сынньалаҥын тэрийиигэ бары управлениелар үлэлэрин киллэрэн турабыт. Ону таһынан КДН, ПДН, СОП, ТЖС учуокка турар оҕолору 100 % хабабыт.

Оҕолорбут сайыҥҥы сынньалаҥнарын тэрийэн үлэлэтиигэ эбэн эттэххэ, улууспутугар 4 стационарнай баазалаах лааҕырдаахпыт: 3 үөрэх министерствотыгар, 1 спорт министерствотыгар киирэллэр. Маймаҕа нэһилиэгэр баар «Албан» спортивнай лааҕырга волейболистар дьарыктаналлар, 40 оҕо хабыллар, үс сезон устата 120 оҕо хабыллар.

Онтон Бөтүҥ нэһилиэгэр баар «Эрэл» лааҕырга тустуук оҕолор иккис, үһүс сезоҥҥа сынньаныахтара, бастакы сезоҥҥа «Олимпик» спортивнай оскуола боксер оҕолоро сынньана сылдьаллар, ус ый устата уопсайа 90 оҕо хабыллар. Онтон «Лингвабыт» оҕону уопсай сайыннарар хайысхалаах үлэлиир, 150 оҕо хабыллыа. Бу 4 стационарнай лааҕырдарбыт үс сменанан толору үлэлиэхтэрэ.

Ону таһынан И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педколледжка хонуктаах лааҕыр үлэлиир, манна ОВЗ-лаах оҕолор сылдьаллар, импрессивнай смена. Ону таһынан спортивнай уонна художественнай-эстетическэй хайысхаларга 100 оҕо дьарыктана сылдьар. Начальник – НПК салайааччытын солбуйааччыта Дьяконова Мария Петровна.

Е.П. Сивцев аатынан II Хомустаах орто оскуолатын баазатыгар хонуктаах спортивнай, музыкальнай-хореографическай хайысхалаах лааҕыры арыйдыбыт. И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатыгар «Айар кут-Голливуд» иккис, үһүс сезоҥҥа үлэлиэ.Уонна хонуктаах спортивнай хайысхалаах лааҕырбыт З.П. Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолатын баазатыгар үлэлиир.Модукка агарарнай, уопсай сайыннарар хайысхалаах лааҕырдаахпыт, манна оҕолор оҕуруот аһын, хортуоппуй олордон көрөллөр-истэллэр уонна уопсай программанан дьарыктаналлар.

Оҕо сынньалаҥар СР үөрэххэ, наукаҕа министерствотын кытта эбии сөбүлэһии түһэрсэммит эбии үбүлээһин кэллэ. Лааҕырдарга барыта 200-тэн тахса киһи үлэлии сылдьар. Лааҕырдар салгыы иккис, үһүс сезоҥҥа үлэлиэхтэрэ, уопсайынан, оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиигэ болҕомто күүһүрэр.

 

Касьян Олесов-Олук

 

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять
Политика конфиденциальности