“Мин дойдум- Сахам сирэ”

Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн уһуйааннар икки ардыларыгар  “Мин дойдум- Сахам сирэ” дьүһүйүү (композиция )  республиканскай онлайн күрэх түмүктэннэ. Күрэҕи Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ, Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениета, Дьокуускай куорат сахалыы тылынан үөрэтэр уһуйааннарын педагогтарын Ассоциацията иилээн-саҕалаан ыытта. Күрэх төрөөбүт дойдуну, кини историятын, культуратын туһунан оҕолор  билиилэрин хаҥатар, киэн туттар, тыл – өс культуратын сайыннарар, ийэ тыл күүһүн –баайын, кэрэтин иҥэрэр, оҕо тылын байытар, айымньылаахтык ааҕар кыаҕын арыйар сыаллаах тэрилиннэ. Дьүүллүүр сүбэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин сүрүннүүр исписэлииһэ Васильева Т.Н., Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениетын үөрэҕи сайыннарар отдел салайааччыта Сыроватская У.Г., ХИФУ ПИ доцена, п.н.к. Баишева М.И. киирдилэр. Уус-Алдантан, Кэбээйиттэн кыттыыны ылбыт биир идэлээхтэрбитигэр махталбытын биллэрэбит. Күрэх түмүгүнэн кыайыылааҕынан Дьокуускай куорат Е.Г.Корнилова аатынан “Кэскил” уһуйаан бастакы миэстэҕэ “Мин төрөөбүт дойдум” композициянан (сигэтэ https://youtu.be/MYwzgs_AsIc ), иккис миэстэҕэ икки уһуйаан: Дьокуускай куорат 3№-дээх “Катюша” уһуйаан “Мин сахам тыла” композициянан (сигэтэ https://cloud.mail.ru/stock/6141M1DWCT5rr9RK27TF9g6W ) уонна Дьокуускай куорат 89№-дээх “Парус” уһуйаан “Туругурдун Сахам сирэ” композициянан (сигэтэ https://youtu.be/rrO1O0Uq-2A ) таҕыстылар. Үһүс миэстэҕэ Дьокуускай куорат «Уу-чуку-чук» уһуйаан ИП Александрова М.А. (сигэтэ  https://youtu.be/8iCqRE4hsuM ) буолла. 
Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит, республика кэнчээри ыччатын, кэскилин иитэр дьоһуннаах үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять
Политика конфиденциальности