Мероприятие состоялось 22 ноября в рамках II съезда учителей якутского языка, литературы и культуры в честь 30-летия принятия Закона Республики Саха (Якутия) «О языках в Республике Саха (Якутия)».
На базе Республиканской специальной (коррекционной) школы-интерната более 50 гостей ознакомились с якутским шрифтом для незрячих «Һөҕүҥ, доҕоттор!» – «Я вижу и слышу сердцем» по системе Луи Брайля и якутским дактилем (жестовым языком), увидели тактильные книги и пособия на якутском языке для незрячих. Ученики показали гостям как они пишут и читают на якутском шрифте для незрячих. Гости попробовали набрать текст на шрифте для незрячих.
Якутскими мелодиями встретил гостей школьный фольклорный ансамбль «Алаас» – лауреат городских, республиканских, всероссийских и международных конкурсов. А ученики Республиканской школы-интернат для неслышащих обучающихся исполнили на дактиле – жестовом языке для неслышащих – гимн Республики Саха (Якутия).
Удивил гостей стихами поэта Ивана Горного на разных языках – русском, якутском и английском – ученик 11 класса Смертин Илья – первый в Республике незрячий школьник, полностью овладевший компьютерной грамотностью, мечтающий обучать незрячих IT-технологиям.
Также неродным является якутский язык для учащегося Петрова Андрея, но он свободно владеет им и поет в ВИА школы.
Любимую сказку «Таал-Таал эмээхсин» в теневом театре представили незрячие и слабослышащие воспитанники школы – лауреаты I степени Республиканского творческого конкурса-фестиваля, дипломанты III степени во Всероссийском конкурсе педагогического мастерства.
Кроме этого, учащиеся Республиканской школы-интерната для неслышащих покорили сердца гостей игрой на хомусе, который в якутской культуре остается основным инструментом музыкального интонирования.
Так, дети с нарушениями слуха и зрения, подолгу проживающие в интернате в отрыве от родных мест, наглядно показали, как владеют родным языком и знают родную культуру, благодаря учебно-воспитательной работе и специально разработанным пособиям и методикам.
Справка:
Иван Горный – незрячий поэт, публицист, философ и первый из Якутии тифлопедагог, автор якутского алфавита по системе Брайля, обладатель знака «Гражданская доблесть», отличник образования Республики, заслуженный работник культуры, член Международного союза писателей.
Сийиэс кыттыылаахтарыгар коррекционнай оскуолалар үөрэнээччилэриттэн маастар-кылаас
Тэрээһин сэтинньи 22 күнүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» сокуон ылыллыбыта 30 сылыгар аналлаах саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II сийиэһин чэрчитинэн Республикатааҕы анал (коррекционнай) оскуола интернакка ыытылынна. 50-тан тахса сийиэс кыттыылааҕа ыалдьыттар Луи Брайл систематынан оҥоһуллубут «Һөҕүҥ, доҕоттоор» – «Я вижу и слышу сердцем» диэн ааттаах көрбөттөргө аналлаах сахалыы шрифты уонна сахалыы дактилы кытта билистилэр, сахалыы көрбөттөргө аналлаах кинигэлэри уонна көмө таһаарыылары сөҕө-махтайа көрдүлэр. Үөрэнээччилэр көрбөттөргө аналлаах сахалыы шрифты туһанан хайдах суруйалларын уонна ааҕалларын көрдөрдүлэр. Ыалдьыттар буоллаҕына шрифтынан туттан тиэкис суруйан боруобалаатылар.
Сахалыы матыыптаах ырыанан-тойугунан ыалдьыттары куорат, республика, Россия уонна норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах күрэстэр лаурета буолбут оскуола «Алаас» фольклорнай бөлөҕө көрүстэ. Онтон Республикатааҕы истибэттэр оскуолаларын үөрэнээччилэрэ дактилынан – истибэттэр анал хамсаныы тылларынан – Саха сирин гимнын толордулар.
Республикаҕа көрбөт үөрэнээччилэр истэригэр бастакынан компьютеры билиини баһылаабыт уонна көрбөттөрү IT-технологияҕа үөрэтиэн баҕалаах 11 кылаас үөрэнээччитэ Илья Смертин поэт Иван Горнай хоһооннорун хас да тылынан (нуучча, саха уонна аангылыйа) ааҕан ыалдьыттары сөхтөрдө.
Маны тэҥэ үөрэнээччи Андрей Петров саха тыла кини төрөөбүт тыла буолбатаҕын үрдүнэн сахалыы холкутук саҥарар уонна оскуола ырыа ансаамбылыгар ыллыыр.
Оҕолор таптаан истэр «Таал-Таал эмээхсин» остуоруйаларын Республикатааҕы айар күрэх-фестиваль I степеннээх лаурета, Бүтүн Россиятааҕы педагогическай маастарыстыба күрэҕин III степеннээх дипломаана буолбут оскуола көрбөт уонна истибэт уһуйуллааччыларын күлүк театра көрдөрдө.
Маны таһынан, Республикатааҕы истибэттэр оскуола-интернат үөрэнээччилэрэ хас биирдии саха киһитин дууһатын таарыйар хомус дьүрүскэн тыаһынан ыалдьыттары абылаатылар.
Онон, төрөөбүт түөлбэлэриттэн ыраатан уһун кэм интернакка олорор истэр уонна көрөр органнарыгар кэһиилээх оҕолор иитэр-үөрэтэр үлэ уонна анал көмө техникалар уонна ньымалар нөҥүө төрөөбүт тылларын билиилэрин уонна култуураларын сийиэс кыттыылаахтарыгар көрдөрдүлэр.
Кылгас ыспыраапка:
Иван Горнай – көрбөт поэт, публицист, философ уонна Саха сирин бастакы тифлопедагога, Брайл систематынан саха алпаабытын ааптара, «Гражданскай килбиэн» знак хаһаайына, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна, культура үтүөлээх үлэһитэ, Аан дойдутааҕы суруйааччылары сойуустарын чилиэнэ.
Источник: Пресс-служба РС(К)ШИ РС(Я)