Үүнэр көлүөнэни үҥкүү, ырыа — тойук, оһуокай, төрөөбүт тыл сүмэтин илдьэ сылдьар чабырҕах,оҕону толкуйдатар остуоруйа нөҥүө үтүө-мөкү, сырдык-хараҥа күүстэр диэн туохтарын, киһи олоҕор хайдах дьайыахтарын сөбүй?- диэн сытыы боппуруоһу көтөҕөр испэктээкил. Зоя Михайловна, Афанасий Афанасьевич Соловьевтар иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьар «Бриллианты Якутии» сүүһүнэн оҕо дьарыктанар ансамбыла быйылгы дьылга иккис саҥа испэктээкиллэрин бүгүн Өксөкүлээх киинигэр олус ситиһиилээхтик,толору саала көрөөччүлээх сүрэхтээтилэр.
Испэктээк бүгүҥҥү күҥҥэ олус сытыытык турар саха оҕото төрөөбүт тылын 3000 сыл үүннэҕинэ хайдах туттуой, билиэн-үөрэтиэн сөбүй? — диэн актуальнай боппуруоһу көтөҕөр. Ансамбл кыттыылаахтара үксүлэрэ нуучча тыллаах оҕолор. Саалаҕа кэлбит төрөппүттэргэ, нуучча тыллаах оҕолорго олус туһалаах испэктээкил буолла диэн көрбүт киһи бигэ сыанабылбын биэрэбин. Ансамбл кыттыылаахтара саҥаттан саҥа айар үлэҕэ сайдан, эбиллэн иһэллэрэ харахха тута быраҕыллар. Үҥкүүнү эрэ толорууннан муҥурдаммакка оҕолор, бэриллибит оруолларын актер быһыытынан саҥаран арыйыылара, сыанаҕа холкутук тутталлара-хапталлара, фольклор араас жанрдарыгар холонуулара көрөөччү астыныытын, дохсун ытыс тыаһын ылла. Испэктээккэ сүрүн оруоллары итэҕэтиилээхтик толордулар-Сандара-Элеонора Оконешникова, Айтал-Айсар Троев,Бэйбэрикээн эмээхсин -Самана Портнягина, Бэйбэрикээн эмээхсин ынахтарын оруолугар- Айна Дмитриева,Лилияна Мигалкина, Люба Дмитриева, Аня Михайлова, Настя Аринкина, Абааһы кыыһа-Аяна Захарова, Дьөһөгөй -Ренат Кононов, Алаа Моҥус, Муора Тымныы Оҕуһа-Долун Борисов, АГИКИ 4-с курсун устудьуона, Мэник Мэнигийээн-Рома Ловцов, Сутурук саҕа бухатыыр-Арон Андреев.
Сээркээн Сэһэн — РФ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Афанасий Соловьев, Аан Алахчын Хотун- Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин туйгуна, Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж преподавателэ -Надежда Дмитриева. Бу испэктээкил Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан тахсыыта ураты суолталаах. Көстүүмнэр, музыка таҥыллыыта, үҥкүү туруута олус табыллыбыт. Сүрдээх сыралаах үлэ ыытыллыбыта тута харахха быраҕыллар. Ол курдук, испэктээкил туруорааччы режиссеругар- Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусствотын үтүөлээх деятелэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, АГИКИ театральнай искусство кафедратын доцена -Мария Марковаҕа, үҥкүү туруорааччылар -РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Афанасий Соловьевка уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Зоя Соловьеваҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Валерия Платоноваҕа, сиэдэрэй көстүүм худуоһунньугар — Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна -Марьяна Оконешниковаҕа, видеоконтент режиссеругар- Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын Академиятын кэрэспэдьиэнэ- Александр Лукиҥҥа бу испэктээкили астына, сөҕө-махтайа көрбүт көрөөччүлэр ааттарыттан махтанабын!
Инникитин да ыччат дьону ыксалаһыннаран, саҥа-сонун айымньылаах үлэлэргитинэн бар дьоҥҥутун үөрдэ, үрдүккэ кынаттыы туруҥ!
Матырыйаалы бэчээккэ бэлэмнээтэ СӨ култууратын туйгуна Уйдара Яковлев