Феодосия Габышева: Анал тиэхиньикэлэр уонна көмөлөһөр волонтердар наадалар

Ил Түмэн наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева Дьааҥы улууһугар тиийэн үлэлии сылдьар.

Биһиги бүгүн төлөпүөнүнэн эрийэ сылдьыбыппытыгар, Феодосия Васильевна маннык кэпсээтэ:

– Халаан содулун туоратар өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаабы Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников, кини Баатаҕайга салаатын Арктика уонна хотугу омуктар дьыалаларыгар миниистир Владимир Черноградскай салайаллар. Үлэ миниистирэ Афанасий Постников, тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев уо.д.а. министиэристибэлэртэн, биэдэмистибэлэртэн сирэй салайааччылар, эппиэттээх исписэлиистэр кэлэннэр, үлэлии сылдьаллар. Биһиги кинилэри кытары Суордаах, Дуулаҕалаах, Боронук нэһилиэктэригэр, Дьааҥы куоратыгар сырыттыбыт.

Уу түһэн, дьон дьиэни-уоту куурдууга туруммуттар. Хотугу дойду сайына кылгас, бириэмэ ыгым, онон дьиэни-уоту сөргүтэргэ: муостаны көтүрэн куурдарга, сууйарга-соторго эбии үлэһит илии наада буолбут. Бөһүөлэктэргэ билигин да уу намтал сирдэргэ хаайтаран турар, инньэ гынан дьиэлэргэ, умуһахтарга киирбит ууну төһө да хачайдыы сатааталлар, сир тымырынан төттөрү киирэ турар. Суол-иис туһунан киһи этэ да барбат, барыта алдьаммыт-айгыраабыт. Онон, хас нэһилиэк ахсын көмөҕө: эбии дьон, волонтердар, дьиэлэртэн ууну хачайдыырга носуостар, хоруу хорон, ханаал хаһан ууну ыытарга, суолу-ииһи оҥорорго анал тиэхинькэлэр (бульдозер, бодобуос уонна ассенизация массыыналара…) итиэннэ оттук-уматык олус наада эбиттэр.

Көрсүһүүгэ олохтоохтор уу кэлэр бастакы күннэриттэн Ил Дархан  Айсен Николаев дьаһалынан, улууска Быыһыыр сулууспа салаата тэриллибитигэр олус махтаналлар. Чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ наада буолар тутуу маһын, сылытар о.д.а. матырыйааллары улууска төһө баарынан эмсэҕэлээбиттэргэ биэрэргэ;  ОДьКХ эйгэтигэр улахан болҕомтону уурарга – теплотыраассалары (барыта сытыйан, тоҕуттан тураллар) сөргүтэн, хочуолунайдары куурдан, өрөмүөннээн, оттук сезонун атырдьах ыйын ортотуттан саҕалыырга туруорсаллар. Оччотугар эрэ кыстыгы көрсө дьиэни-уоту үчүгэйдик куурдар ситиһиллииһи. МФЦ исписэлиистэрэ хоромньуну ааҕыыны, биир кэлим реестргэ киллэриини суһалсытан, тустаах көмө кэмигэр кэлэрин ситиһэллэригэр; наар ууга, сииккэ сылдьар дьон тымныйан, сыыстаран ыалдьыбаттарын туһугар эми-тому саппаастаахтык хааччыйарга; олох оннун-тойун буллаҕына, нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун кэлимник көрөргө-чинчийэргэ этэллэр.

Нэһилиэнньэ сүрүн дьарыга тыа хаһаайыстыбата буоллаҕа, уу иһэр сураҕын истээт, ынах сүөһүнү куттала суох сирдэргэ таһаарбыттар, оттон сылгы ыраах баазаларга сырыттаҕа. Билиҥҥитэ бу салааҕа таһаарыллыбыт хоромньу ааҕылла сылдьар, төһө сылгы баара-суоҕа биллибэт. Халааннаабыт өрүстэр сыһыыларыгар баар ходуһалартан уу саҥа түһэн эрэр, аны олорго барар суол-иис суох. Онон, ууну түһэрэр үлэ ыытыллара наада. Суһал ыстаап мобильнай биригээдэлэри тэрийэн, ыраах учаастактарынан оттуур соругу туруорда, оттон Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ онуоха сөптөөх үбү-харчыны тыырарга, сүөһү-сылгы эбии аһылыгар (комбикормҥа, эбиэскэ) субсидия көрөргө быһаарда. Онон, сүөһүлээх-сылгылаах ыаллар дьиэлэрин-уоттарын өрө тардынаат, окко турунуохтаахтар.  

Кэлиҥҥи сыллары ыллахха, Дьааҥыга улахан халаан уута 2004, 2013 сыллардаахха уонна бу быйыл кэлэн барда. Ол түмүгэр бэйэлэрэ да эргэрбит эбийиэктэр улаханнык айгыраабыттар. Онон, элбэх кыбартыыралаах, икки этээстээх олорор дьиэлэри «Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү» федеральнай бырагыраамаҕа киллэртэрэн, саҥа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри былааннаахтык тутар наада эбит. Быһата, халаан содулун туоратар суһал дьаһаллары сэргэ улуус кэлим сайдыытын туһунан толкуйдуур ирдэнэр.

 

Бу нэһилиэктэртэн 338 оҕо Дьокуускайга, «Сосновый бор», «Связист» лааҕырдарга уонна анал оскуолалар баазаларыгар доруобуйаларын чэбдигирдэ, чөлүгэр түһэрэ, сынньана сылдьаллар. Сочига, «Орленок» лааҕырга 20 оҕо барбыта, атырдьах ыйыгар 25 оҕо барыахтаах. Оҕолор сынньана баралларын тэрийиигэ салгыы өссө да үлэлиэхпит.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять
Политика конфиденциальности