Сэтинньи 23 күнүгэр Дьокуускай куоракка Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академичскай театрын көҕүлээһининэн Саха тылын, литирэтиирэтин уонна култууратын учууталларын II өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин чэрчитинэн национальнай театр ускуустубатыгар тирэнэн, ыччат сайдарыгар төрүт эйгэни олохтуур ньымалары тобулар стратегическай сессия буолан ааста.
Өрөспүүбүлүкэбит араас муннугар саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын үүнэр көлүөнэҕэ иҥэрэр туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар учууталлар, театральнай куруһуок салайааччылара уонна педагог-библиотекарьдар Саха театрын тула мустан, оскуола үөрэнээччилэрин хайдах гынан национальнай театр эйгэтин, ускуустубаны кытары ситимниир хайысхалары тобуллулар.
Тэрээһини Саха театрын артыыстара хоһоон түһүлгэтинэн арыйдылар. Сийиэс кыттыылаахтарын Саха театрын дириэктэрэ, СӨ үтүөлээх артыыһа Петр Макаров, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин отделын салайааччытын солбуйааччы Майя Ермолаева, С.Н. Донской II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт дириэктэрэ Ньургун Павлов эҕэрдэлээтилэр. СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин специалиһа Туяра Ойунская, Саха театрын дириэктэрин солбуйааччы Геннадий Охлопков, литератураҕа чааһын үлэһиттэрэ Надежда Осипова, Надежда Ильина уонна Ньурбатааҕы көһө сылдьар драматическай театр литература чааһын сэбиэдиссэйэ Мария Семенова эксперт быһыытынан үлэлээтилэр.
Стратегическай сессия кыттыылаахтара биэс бөлөххө арахсан, өйдөрүн-сүбэлэрин түмэн, театр уонна үөрэх тэрилтэлэрэ хайдах гынан бииргэ үлэлээтэхтэринэ көдьүүстээх түмүк тахсарын туһунан мадьыал оҥорон көмүскээтилэр. Хас биирдии бөлөх мадьыалын бырайыага бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат ис хоһоонноох этиилэрдээх буолан таҕыста. Ол эрэн сүрүн кыһалҕа быһыытынан икки түгэни болҕойдулар. Бастатан туран, тыа сирин оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, ордук улуус кииниттэн, куораттан тэйиччи сытар кытыы нэһилиэктэр театрга сылдьар кыахтара суох буолан, театр ускуустубатын кытары алтыспакка, кэрэни кэрэхсээбэккэ үөрэнэн тахсаллар. Иккиһинэн, үөрэнээччилэргэ уонна ыччаттарга көрүллэр «Пушкин каартатын» туппутунан эдэр дьон, сылдьар сир суоҕуттан эбэтэр түөлбэҕэ баар култуура тэрилтэлэрэ бу ситимҥэ кыттыспатахтарыттан, туһаммакка хаалаллар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ оҕону бэйэтин испэктээкилгэ оонньотон, төрөппүтү көстүүм уонна декорация оҥоһуутугар кыттыһыннаран, холобур буолар гына үлэни Дьааҥы улууһун оскуолаларын учууталлара тэрийэ олороллорун билиһиннэрдилэр. Ол курдук, Табалаах оскуолата саха классическай айымньыларын, олоҥхону туруоран, Үүнэр көлүөнэ театра ыытар куонкуруһугар үһүс төгүл лауреат үрдүк аатын ылбыттар. Онтон Боробул оскуолата Олоҥхо театрын кытары үлэлиирин, артыыстары кытта оҕолорго дьарыктары ыыттаралларын иһитиннэрдилэр уонна үөрэнээччилэр анимация куруһуогунан онус сылын утумнаахтык дьарыктаналларын сэһэргээтилэр.
Салгыы «Театрга тапталы иҥэрии» диэн бырайыак ааптардара хас биирдии оскуолаҕа театр муннугун оҥорон, кулун тутар 27 күнүгэр Театр күнүн чэрчитинэн артыыстары кытта көрсүһүүлэри тэрийэн, оҕо театрга сылдьар баҕатын уһугуннарар наадатын туһунан этии киллэрдилэр. Итиэннэ аудио, видео устуулары уруокка кыайа-хото көрдөрөрү-иһитиннэрэри, театрга аналлаах уруоктары бэлэмниири, онно сөптөөх матырыйааллары оҥорор, түмэр, тарҕатар кэм тирээбитин эттилэр. Уһун сынньалаҥнар кэмнэригэр театр түмэллэригэр сылдьыы, театральнай лааҕырдары, маастар кылаастары тэрийии туһунан баҕа санааларын биллэрдилэр.
«Эйгэ» бырайыак кыттыылаахтара оҕону уһуйаан сааһыттан куукула театрын нөҥүө театр тыыныгар иитэн таһаарар ордук табыгастааҕын уонна суолталааҕын бэлиэтээтилэр. Оҕону кытары ситимнээх үлэ барарын наадатыгар театрдарга араас квестары, «Түүн театрга» курдук сэргэх тэрээһиннэри көҕүлүүргэ этии киллэрдилэр. Ону таһынан артыыстары, режиссердары, худуоһунньуктары кытары маастар кылаастары тэрийэн, кэнчээри ыччат театрга чугаһыырын ситиһэр наадатын ыйдылар.
Салгыы Чурапчы учууталларын бөлөҕө «Театр – ийэ тыл эйгэтэ» диэн «дьиэ кэргэн – оскуола – театр» ситиминэн бэйэтин көрүүтүн билиһиннэрдэ. Оҕо дьиэ кэргэнигэр ийэ тылынан иитиллэн, уһуйааҥҥа уонна оскуолаҕа театры кытары билсиһэн, салгыы бэйэтэ оонньоон көрөн, дьоҕурун сайыннарыахтаах. Онтон айымньыны, испэктээкили ырытар буоларын ситиһиллиэхтээх. Ити курдук оҕо сааһын ситиитинэн кустук сэттэ суһумун аайы торумнары толкуйдаатылар.
«Театр – оҕолорго» диэн мадьыал барылын ааптардара үөрэх дьылыгар сөп түбэһиннэрэн, хас биирдии ыйынан үктэллэри оҥорон көмүскээтилэр. Балаҕан ыйыттан саҕалаан – театры кытары билсиһии, театрга утумнаахтык сылдьыы, айар дьарыктары тэрийии, артыыстары кытары билсиһии уонна оҕо бэйэ оонньоон көрөр дьоҕурун иитии. Онуоха эбии театр эйгэтин сырдатар биэриилэри устан радионан, телевидениенан көрдөрүү баар буоларын ситиһэр соругу туруордулар. Сааскы сынньалаҥ кэмигэр Дьокуускай сэттэ идэтийбит театрыгар экскурсияларга сылдьыыны, испэктээкиллэри көрүүнү маассабай хамсааһыҥҥа кубулутары эттилэр.
* * *
Тэрээһиҥҥэ үүнэр көлүөнэни национальнай театр ускуустубатыгар уонна төрүт өйгө-санааҕа туһаайарга «Тыл – литэрэтиирэ – театр» диэн олохсуйбут тиһигинэн ситимнээх үлэни ыытар сөптөөҕө ыйылынна. Онуоха киирбит этиилэри түмэн, инникитин Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтин иһинэн «Саха ускуустубата – оҕолорго» диэн бырайыагы сүрүннээн, утумнаахтык ылсарбыт уонна күргүөмүнэн турунарбыт буоллар кыайыылаах уонна дьайыылаах буолуох этэ.
«Саха театральнай ускуустубата – ыччат өйүн-санаатын уһугуннарар тыыннаах эйгэ» стратегическай сессия үлэтин түмүгүнэн
ЭТИИЛЭР (БЫЛАҺААККА РЕЗОЛЮЦИЯТА)
- Оҕо өй-санаа өттүнэн уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буола үүнэн, ситэн-хотон тахсарыгар судаарыстыба таһымыгар үөрэх ситимин, дьиэ кэргэни уонна култуура/ускуустуба эйгэтин дьүөрэлээн сайыннарар модель олохсуйуохтаах. Ол туһугар СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ хас биирдии оскуола (оҕо тус баҕатын, санаатын уонна ирдэбилин учуоттаан) сайаапкатын түмэн, сылын ахсын СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтигэр оҕолор ханнык айымньыны театр сыанатыгар көрүөхтэрин баҕаралларын туһунан сакаас түһэриэхтээх. Сакаас (нэһилиэнньэ баҕата) үүнэр сыл саҥатыгар сахалыы тыллаах театрдарга судаарыстыбаннай сорудах быһыытынан аттарыллыахтаах. Оччоҕо театр биир сыллааҕы 5-7 саҥа туруорууларыттан 1-
2-тэ оҕо көрөрүгэр сөптөөх уонна оҕо сайдыытыгар ордук суолталаах буолар кыахтаах.
- РФ үөрэҕириигэ миниистирэ С.С. Кравцов «2024 сылга диэри хас биирдии оскуолаҕа театр баар буоларын ситиһэргэ» диэн этиитигэр олоҕуран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин таһымыгар тустаах былааны ылыныы уонна судаарыстыба өттүттэн көмө миэрэлэрин чопчулааһын;
- Ол миэрэлэргэ, бастатан туран, оскуола театрын (устуудьуйа, куруһуок, дьарык) хара маҥнайгыттан көдьүүстээхтик үлэлэтэргэ туспа штаты көрөн, анал идэлээх уонна бэлэмнээх специалистарынан хааччыйыы, уонна сөптөөх усулуобуйалары оҥоруу;
- Оскуолаҕа уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр устуудьуйа, куруһуок, дьарык үлэтин хаачыстыбалаахтык тэрийэргэ, КН РС(Я) уруогун ыытарга салайааччыга (педагокка, учууталга) көмө пособиелар, ыйынньыктар, рабочай уонна эбии матырыйааллар тиһигин быспакка тахсалларын хааччыйыы;
- Оскуолаларга тэриллэр театрдар акылааттарынан литератураны ааҕыы араас ньыматын тэрийии, түөлбэ фольклорун үөрэтии, төрөппүт кыттыыта буолалларын ситиһии;
- Баай уопуттаах, туйгун көрдөрүүлээх, ситиһиилээх үлэлээх оскуола театрдарын киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэргэ, атыттары көҕүлүүргэ, сөптөөх суолга туһаайарга телевидениеҕа уонна араадьыйаҕа рубрикалары арыйыы, анал биэриилэри бэлэмнээһин;
- СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ уонна СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин холбоһуктаах быһаарыытынан сааскы сынньалаҥ кэмигэр Театр күннэрэ диэн ааттаан, биир нэдиэлэлээх декаданы тэрийии, улуустартан оҕолор театрдарга кыайа-хото сылдьалларын ситиһии;
- Оскуола театрдарын суолтатын көтөҕөр, түөлбэ таһымыгар дьон-сэргэ билинэр буоларыгар анаан Аан дойдутааҕы театр күнүн (кулун тутар 27 күнүн) үрдүк таһымнаахтык уонна дириҥ ис хоһоонноохтук ыытыы, хас биирдии оскуолаҕа театр муннугун тэрийэн, үүнэр көлүөнэҕэ национальнай театральнай ускуустубаны билиһиннэрии;
- Саха сирин төрүт тыллаах театрдарын түмэллэрин (музейдарын) виртуальнай киэпкэ таһаарарга СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин 2023 сыллаах бүддьүөтүгэр сөптөөх үбү көрүү;
- Ыччат киэҥ араҥатын хабарга, театры кытта алтыһыытын тэрийэргэ «Түүн театрга», «Театр квеһэ» курдук саҥа үлэ көрүҥнэрин сахалыы майгылаан тиһиктээхтик ыытыы, үтүө үгэстэри олохтооһун.
Надежда Ильина, П.А. Ойуунскай аатынан Саха академическай театра, төл. 8(4112)34-33-26