Поликультурнай эйгэ5э – саха тыла

Сэтинньи 24 күнүгэр сарсыарда10 чаастан Үөрэҕи сайыннарар уона идэни үрдэтинэр үнстүүт аактабай саалатыгар Саха тыла поликультурнай үөрэх эйгэтигэр» диэн түһ;үлгэ ыытылынна. Иилэн-саҕалаан ыытта Васильева Надежда Николаевна, Арассыыйа Федерациятын норуоттарын төрөөбут тылларын институтун Дьокуускайдааҕы филиалын салайааччыта, педагогика наукатын хандьыдьаата.

Кэпсэтии сүнньэ алта хайысханан барда:

– улуустарга тыл бэлиитикэтин сэбиэтин үлэтэ: туох-ханнык ситиhиилэр уонна соруктар баалларый?

– икки уонна элбэх тыллаах эйгэ: оҕо төрөөбүт тылынан саҥатын хаачытстыбатын хайдах тупсарабыт?

– сахалыы ааҕыы уонна тыл сайдыыта: быстыспат ситими олохсутарга туох үлэ барарый?

– олоҥхо педагогиката: төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии эйгэтэ хайдах буолуохтааҕый?

– аныгы кэмҥэ сахалыы эйгэни тэрийии; уопсастыбаннай инициативалары өйүүр уона сайыннарар үлэ барар дуо?

– билиҥҥи кэмҥэ быһаарылла илик кыһалҕа; доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго төрөөбүт тылларын үөрэтии хайдах буолуохтааҕый?

Бу көрүллэр хас биирдии хайысхаҕа ыҥырыылаах испиикэрдэр уонна эспиэрдэр үлэлээн кэпсэтии киэҥник-куоҥнук салаллан барда. Ити курдук кэпсэтиигэ норуот билэр, ытыктыыр дьоно кытыннылар; Халан, Хомус Уйбаан, бөлүһүөк Саабын, Арылы Дуйдаах, Крылов Ньукулай, маны таһынан үөрэх, наука, култуура, уопсастыба тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ биир тыынынан ырытыстылар, санааларын кыайа-хото этиннилэр.

Кэпсэтии түмүгүнэн Сийиэс резолюциятыгар киллэрэргэ бу курдук туруорустулар:

  • Улуустарга Тыл бэлиитикэтин сэбиэтин үлэтин сайыннарыыга; көрүллэр үлэһити хамнастыахха;
  • Үлэ сүнньүн чопчулуохха (тулалыыр эйгэ тылын өһүн сахатытыы, икки тылынан суруйуохха, ыытыллар тэрээһини сахалыы ыытыахха,бородууксуйаны сахалыы ааттаан атыылыахха. Докуомуоннары нууччалыы, сахалыы суруйуохха, улуус иһигэр методическай холбоһуктар түмсүүлэрин хамыыһыйа үлэтигэр көмөлөһүннэриэххэ, бу этиилэри киллэрэргэ сокуоннары оноруохха)

– Икки тыллаах эйгэҕэ оҕону үөрэтиигэ-иитиигэ дьиэ кэргэнтэн саҕалыахха, дьиэҕэ сахалыы саҥарыахха; куруһуоктарга, атын тас дьарыктарга уһуйааҥҥа, оскуолаҕа сахалыы саҥарыахха, төрөппүккэ, иитээччигэ үөрэтэр, өйдөтөр үлэни ыытыахха; саха тылын, култууратын үөрэтии чааһын, тиһигин өйдөөн-төйдөөн талыахха, метдическай эрэкэмэндээссийэлэри, ыйынньыктары оҥоруохха. ФГОС сүрун чааһын, ВУД чаастарын туһаныыга араас хабааннаах тиһиги оҥоруохха. Эбээ, эһээ үөрэҕин киэнник туһаныахха. Педагогическай колледжтарга, институтарга сахалыы үөрэтэр бырагыраамматын үөрэтиини саҕалыахха.

– Сахалыы тылынан ааҕыы үтүө холбурдарын киэнник тарҕатыахха. Сахалыы тылнан улуустарга, нэһилиэктэргэ баар үтүө көстүүлэрин киэнник тарҕатыахха (ааҕар кылаас, ааҕар дьиэ кэргэн). Оҕону гаджеттан тэйитиигэ бары түмсэн үлэлиэхтээпит. Аныгы визуал оҕолорго аналлаах ааҕар кинигэлэри айан таһаарыахха. Куйаар ситимҥэ сахалыы контены кэҥэтиэххэ.

– Олоҥхо тутулунан уруок хаамыытын ыытарга (Алексей Петрович Саввин методиката). Олоҥхо тылын өһүн сөпкө өйдүүргэ тылдьыттар, көмө пособиялары таһарыахха. Олоҥхо цифровой платформаны сайыннарыыга кыттыһыахха.

– Олохтоох омуктар форумнарын тэрийиэххэ. Этноблогины сайыннарыахха. Этноблогин тиэмэтигэр куурустар наадалар. Анимация дьарыктарын сахалыы ис хоһоонноон биэриэххэ.

– Сатаан суруйбат, саҥарбат оҕону сахалыы үөрэтии кэккэ кыһалҕаларын быһаарарга; олох көрбөт, мөлтөхтүк көрөр оҕолорга Брайль шрифтээх учебниктар, ааҕар кинигэлэр таҕыстыннар. Коррекционнайосуколаларна саха тылынүөрэтиичааһынкиллэриэххэ, сөргүтүөххэ.

 

 

Үөрэҕи сайыннарар уона идэни үрдэтинэр үнстүүт пресс киинэ

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять
Политика конфиденциальности