Бүгүн сэтинньи 23 күнүгэр саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын Иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэс сүрүн мунньаҕа ыытылынна.
Сийиэс Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 390 сылыгар, Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар, саха тылын үөрэтии саҕаламмыта 100 сылын көрсөр бэлиэ түгэннэригэр ананар. Сүрүн мунньах Платон Ойуунускай аатынан Саха академическэй тыйаатырыгар буолан ааста.
Сүрүн мунньах саҕаланыан иннинэ тыйаатыр иккис этээһигэр кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол кудрук «Үөрэх тылын сайдар эйгэтэ» диэн быыстапка үлэлээтэ. Манна «Айар», «Кэскил» кинигэ кыһалара, Национальнай бибилэтиэкэ, «Дани-Алмаас» хампаанньа», СӨ АТ «Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинэ бэйэлэрин үлэлэрин кэлбит дьоҥҥо, сийиэс кыттыылаахтарыгар көрдөрдүлэр, бэлэхтээтилэр. Саха сирин биллиллээх суруйааччыларын автограф-сессиялара буолла. Сийиэс дэлэгээттэрэ суруналыыстарга интервью биэрдилэр, пресс-подход буолла.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи коррекционнай оскуола иитиллээччилэрин «Тигинэт» уонна «Алаас» фольклорнай бөлөхтөрүн доҕуhуола бу тэрээһиннэри киэргэттэ, кэлбит дьон сүргэтин өрө көтөхтө, биһирэбилин ылла.
Сийиэс кыттыылаахтарынан буоллаллар өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэлбит 500 кэриҥэ дэлэгээт, олор истэригэр киирэллэр биллэн турар саха тылын уонна литературатын учууталлара, уһуйаан иитээччилэрэ, Олонхоҕо уһуйааччылар ону тэҥэ общественнай түмсүүлэр, үөрэх салалтатын үлэһиттэрэ.
Сүрүн мунньах президиумун састаабыгар киирдилэр Алексей Ильич Еремеев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ; Сергей Васильевич Местников, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта; Александр Николаевич Жирков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» сокуон 30 сылыгар аналлаах тэрээһиннэри ыытар уонна бэлэмниир хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ; Ирина Павловна Любимова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ; Гоголева Сардана Николаевна, Степан Кузьмич Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын саха тылын уонна литературатын учуутала, бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи «Төрөөбүт тыл бастыҥ учуутала» күрэх кыайыылааҕа, аан бастакынан ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы «Төрөөбүт тыл уонна төрөөбүт литература бастыҥ учуутала» күрэх лауреата.
Сийиэс үлэтин иилээн-саҕалаан ыытта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Васильевич Местников. Кини Саха өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан сокуон ылыллыбыта 30 сыл номнуо булбутун бэлиэтээтэ: “Бу сийиэс быйыл Саха өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан сокуон ылыллыбыта 30 сылыгар ананар. Төрөөбүт тылбыт култуурабыт, устуоруйабыт сайдарыгар кэнники кэмҥэ туох үлэ-хамнас ыытыллыбытын салгыы сайдарга ханнык дьаһалы ылынары, тулуу хардыылары оҥороору сүбэлэһэр торумнуур түһүлгэбит тэриллибитин барыгытын итиитик истиҥник эҕэрдэлиибин», – диэн эттэ.
Сийиэс дэлэгээттэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев эҕэрдэ тыла экран нөҥүө көһүннэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэбитигэр сылтан сыл төрүт тыллары үөрэтии кэҥиирин, бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 50 тахса тыыһынча оҕо сахалыы үөрэнэрин уонна 34 тыыһынча оҕо саха тылын үөрэтэрин уонна бу көрдөруу кэнники 6 сыл устата 11 тыыһынчаннан улааппытын бэлиэтээтэ.
«Биллэн турар бу киэҥник уонна туруулаахтык ыытыллыбыт, сыаллаах-соруктаах үлэ тумугэ буолар. Ол эрэн уустук боппуруостар эмиэ бааллар. Бу хайысханы салгыы сайыннарар уобсай сорукпут буолар. Ол курдук саха тылын үөрэтээччи каадырдар таһымнара таһыччы улаатыахтаах. Оскуолаҕа эрэ буолбакка уһуйааннарга кыра саастаах оҕолору төрөөбут тылларынан иитээр үөрэтэр исписэлиистэри бэлэмнииргэ ылсан үлэлэһиэхтээхпит. Манна анаан орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын программаларыгар кэккэ уларыйыылар киирэллэрэ ирдэнэр”, – диэн Айсен Сергеевич бэлиэтээн эттэ.
Маны таһынан Ил Дархан төрөөбүт тылы сайыннарыыга уһулуччу болҕомтону ууран туран бу хайысха үбүлээһинин үрдэтэргэ быһаарыммытын туһунан эттэ. Анал программа иһинэн сыллата 56 мөлүйүөн көрүллүбүт буоллаҕына эһиилги үбүлээһин сүүс мөлүйүөҥҥэ диэри улаатыахтаах диэн бэлиэтээтэ.
«Тус бэйэм киэн туттабын дьиҥ сахалыы тыллаах эйгэҕэ улаатаммын бэйэм омукпун кэрэ толкуйун, дууһатын билэр, дириҥник өйдүүр кыахтаахпын”, – диэн Ил Дархан бэйэтин санаатын эттэ.
Бэйэтин эҕэрдэ тылын сийиэс дэлэгээтэригэр анаан эттэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ Алексей Ильич Еремеев.
Салгыы сүрүн дакылааты Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Ирина Павловна Любимова билиһиннэрдэ. Миниистир дакылыытыгар Өрөспүүбүлүкэҕэ Ил Дархан ыйааҕынан ийэ тылы харыстааһын уонна сайыннарыы туһунан улахан биэс сыллаах «2022-2024 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстааһын уонна сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагыраамата» докумуон ылыллан, ол чэрчитинэн бары хайысхаҕа киэҥ хабааннаах үлэ ыытылларын туһунан эттэ. 2019 сыллаахха бу докумуону Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ оҥорбута. Докумуон бастакы түһүмэҕэр былааннаммыт үлэ бара турарын, үбүлэниитэ көрүллэн, хас да хайысха олоххо киирбитин туһунан Ирина Павловна эттэ. Салгыы миниистир дакылаатыгар статистиканы эттэ: “Үөрэх уонна наука министиэристибэтигэр түмүллэр оскуолалар отчуоттартан көрдөххө, 2022 сылга 637 оскуола баарыттан, саха тылынан үөрэтэр оскуола уонна саха тылын биридимиэт уонна кэпсэтии тылын быһыытынан үөрэтэр оскуола ахсаана 478. Ол аата өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 57% оҕо төрөөбүт тылын үөрэтэр. Сахалыы иитэр-үөрэтэр оскуола иннинээҕи саастаах оҕо тэрилтэлэрин ситимин сүтэрбэтибит. Итинник 748 тэрилтэ баарыттан сахалыы хайысхалааҕа 493 (65%) ахсааҥҥа тиийдэ», – диэн Ирина Павловна бэлиэтээтэ.
Салгыы кэрэхсэбиллээх иһитиннэриилэр, этиилэр буоллулар. Ол курдук, Арассыыйа Федерациятын норуоттарын төрөөбүт тылларын институтун дириэктэр эбээһинэһин толорооччу Лариса Ивановна Маршева эҕэрдэ тылын экран нөҥүө эттэ.
Сийиэс сүрүн мунньаҕар тыл эттилэр:
Феодосия Васильевна Габышева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, педагогикаҕа билим дуоктара, бэрэпиэссэр.
Поскачин Владимир Семенович, Үөhээ Бүлүү муниципальнай тэриллии баhылыга.
Торотоев Гаврил Григорьевич, Максим Кирович Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илин норуоттарын тылларын уонна култууратын үнүстүүтүн дириэктэрэ, тыл билимин хандьыдаата.
Попова Наталья Иннокентьевна, Россия наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаа Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун дириэктэрэ, тыл билимин хандьыдаата.
Харлампьева Наталья Ивановна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай бэйиэтэ.
Сухаринова Ольга Петровна, Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын үөрэххэ управлениетын үөрэх сайдыытын отделын салайааччыта.
Филиппов Гаврил Гаврильевич, филология билимин дуоктара, Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илин норуоттарын тылларын уонна култууратын үнүстүүтүн саха тылын кафедратын профессора.
Олесова Айна Михайловна, Хаҥалас улууһун Улахан-Аан нэһилиэгин «Кыымчаан» дьыссаатын иитээччитэ.
Захарова Сардана Михайловна, Дьокуускай куорат 51№-дээх «Кэскил» оҕону сайыннарар киин сэбиэдиссэйэ.
Константинова Инга Саввична, Горнай улууһун Семен Петрович Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала.
Колесова Марианна Васильевна, Орто Халыма улууһун Гаврил Гаврильевич Колесов аатынан Сыбатаай орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала.
Слободчикова Тамара Егоровна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Иван Гаврильевич Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин төрүт култууратын учуутала.
Жирков Александр Николаевич, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта.
Симонова Эмилия Семеновна, Мииринэй улууһун Таас Үрэх бөһүөлэгин Роман Васильевич Лонкунов аатынан 9-с нүөмэрдээх орто оскуолатын дириэктэрэ.
Барашкова Жанна Федоровна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саха тылын, литературатын, култууратын учууталларын түмсүүтүн салайааччыта.
Байанаева Прасковья Дмитриевна, Илья Егорович Винокуров аатынан Нам педагогическай кэллиэһин учуутала.
Никитина Вилюяна Николаевна, «Ийэ тыл кэскилэ» уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта.
Николаев Кэнчээри Василий Сергеевич Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитигэр, төрөөбүт тылга аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэр кыайыылааҕа.
Гоголева Сардаана Николаевна, бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи «Төрөөбүт тыл бастыҥ учуутала» күрэх кыайыылааҕар, быйыл аан бастакынан ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы «Төрөөбүт тыл уонна төрөөбүт литература бастыҥ учуутала» күрэх лауреата.
Сийиэс сүрүн мунньаҕа дэлэгээттэр уонна ыалдьыттар кыттыылаах күргүөмүнэн хомус тардыытынан (флешмоб) түмүктэннэ. Хомуһунан матыыптары таһаардылар Марк Николаевич Жирков аатынан музыкальнай колледж фольклорга салаатын устудьуоннара, «Арчы» хомусчуттар бөлөхтөрө.
Сүрүн мунньах кэнниттэн төрөөбүт тыл туһунан араас суолталаах тиэмэни таарыйар төгүрүк остуол, кэпсэтиилэр уонна саха тылын, уонна литературатын, култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин бырайыактыыр үлэ хас да хайысханан тэриллиннэ. Сийиэс дэлэгээттэрэ саха тылын, литературатын уонна култууратын үүнэр көлүөнэбитигэр, кэлэр кэскилбитигэр тиэрдэр, сайыннарар туһугар этии киллэрдилэр, туһааннаах тэрилтэлэргэ тиэрдибит этиилэрэ төһө олоххо киирбитин чинчийэн, үөрэтэн баран ол түмүгүнэн кэпсэтиһии буола турар.
Санатан эттэххэ саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын I-кы өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһэ 2017 сылаахха муус устар ыйыгар буолбута.
Вера Неймохова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин пресс-сулууспатын үлэһитэ