Иитэр улэҕэ сүбэһиттэр мунньахтарын туһунан

Алтынньы 14 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар «Кэрэли» улуустааҕы оҕону эбии үөрэхтээһин кииҥҥэ “Үөрэҕирии” национальнай бырайыак иитинэн «Дойдуга бэриниилээх дьону иитэн таһаарыы» федеральнай бырайыакка тирэ5ирэн  «Навигаторы детства» тосхол кыттыылаахтара дириэктэри иитэр үлэҕэ итиэнээ оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүгэр сүбэһиттэр илин эҥэрдээҕи сүбэ мунньахтара буолла.

 

Тэрээһиҥҥэ ыаллыы сытар Амма, Таатта, Чурапчы, Уус-Алдан улуустарыттын итиэннэ бэйэбит оскуолаларбытыттан уопсайа 52 сүбэһит кыттыыны ылла. Мунньаҕы Макарова Ньургуйаана Владимировна салайааччылаах «Навигаторы детства» Саха сиринээҕи ресурснай киин үлэһиттэрэ итиэннэ “Кэрэли” киин иһинэн улуустааҕы «Мэҥэ кэскилэ» оҕо хамсааһын салайааччылара иилээн-саҕалаан ыыттылар.

 

  Бүгүҥҥү күммүт «Кэрэли» киин «Мандар хомус» фольклор куруһуогун иитиллээччилэрэ хомуска дьүһүйүүлэринэн аһылынна (сал. Ефремова У.М., Кривошапкина В.Ф.). «Кэрэли» улуустааҕы эбии үөрэхтээһин киин дириэктэрэ Билюкина Марианна Юрьевна мунньах кыттыылаахтарыгар, ыалдьыттарга улуустааҕы кииммит үлэтин-хамнаһын сырдатта уонна бүгүҥҥү күн түмүктээх буоларыгар баҕа санаатын тиэртэ. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтатын начальнигын солбуйааччы Захаров Андрей Вадимович билиҥҥи кэм ирдэбилигэр тирэҕирэн үүнэр көлүөнэ ыччаты дойдуга бэриниилээх буоларга иитэр-үөрэтэр дуоһунаска үлэлэрин саҕалаабыт сүбэһиттэргэ биир санаанан салайтаран үлэ-хамнас айымньылаах, таһаарыылаах буоларыгар баҕа санаатын тиэртэ, итиэннэ ыалдьыттарбытыгар улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын аатыттан өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда. Cаха сиринээҕи «Навигаторы детства» ресурснай киин салайааччыта Макарова Ньургуйаана Владимировна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун оҕо хамсааһынын үлэтэ баай историялааҕын, опыттааҕын, кэлиҥҥи сылларга оҕону иитиигэ федеральнай, региональнай бырайыактары киллэриигэ республикаҕа биир бастыҥ үлэлээхтэрин бэлиэтээн туран илин эҥэр улуустарга «Кэрэли» улуустааҕы эбии үөрэхтээһин киин иһинэн улуустар икки ардынааҕы опорнай былаһаакка статуһун иҥэрэргэ Саха сиринээҕи үөрэҕирии министиэристибэтин, Саха сиринээҕи ресурнсай киин аатыттан үөрэҕирии салалтатыгар этии киллэрдэ.

 

Күн бастакы аҥарыгар уопсай үлэ торумун, сүрүн соруктарын туһунан Макарова Н.В. толору арыйда,  «Российское движение детей и молодежи» саҥа сүүрээҥҥэ киирии бастакы хардыылара хайдах сааҕаламмыттарын, үлэ былаанын, «Орлята России» алын сүһүөх кылаастар тосхоллорун үлэтин сүнньүнэн сиһилии  регионнааҕы ресурснай киин методистара Павлова Вера Николаевна,  Васильева Мария Ильинична кэпсээтилэр. Маны таһынан бэйэлэрин уопуттарыттаттан үллэһиннилэр: медиа хайысхатын оскуола5а сайыннарыы туһунан Майа лицейин сүбэһитэ Егорова Светлана Гаврильевна, интернет ситимин нөҥүө оҕо хамсааһынан сетевой кабинетын билиһиннэрдэ «Кэрэли» киин методиһа Айталина Анатольевна Ефремова, НКО тэрийии, грантовай үлэ туһунан кэпсээтэ «Кэрэли» киин педагога Гаврильева Любовь Ивановна,  «Чистые игры в Амге» бырайыагын билиһиннэрдэ Амма улууһун муниципальнай куратора Пахомова Зоя Валерьевна, «Орлята России» бырайыак оскуолаҕа хайдах саҕалаабыттарын туһунан билиһиннэрдилэр Бэдьимэ орто оскуолатыттан сүбэһит Мордискина Февронья Владимировна уонна Дьабыыл орто оскуолатыттан сүбэһит Семенова Раиса Романовна.

Күн иккис аҥарыгар «Кэскил» издательство дириэктэрин солбуйааччыта Семен Семенович Посельскай үөрэх тэрилтэтигэр кэми кытта тэҥҥэ хардыылаан медиаконтент үлэтин күүһүрдүү, оҕо сатабыла эргиччи сайдыытыгар оруолун туһунан толору,өйдөнүмтүө дьарык ыытта, ону сэргэ бииргэ үлэлэһэргэ ыҥырда.  Салҕыы уус-уран айымньыларга тирэҕирэн «Матрица» ньыманан бөлөҕүнэн үлэлээн сүбэһит чиэппэрдээҕи үлэтин торума сааһыланан таҕыста.

Үлэ түмүгүнэн Саха сиринээҕи «Навигатор детства» ресурснай киин салайаааччыта Макарова Ньургуйаана Владимировна Мэҥэ-хаҥалас үөрэҕириигэ салалтатын начальнига Никифоров Николай Лукичтыын көрсөн кэпсэтиитин сүнньүнэн бу үлэ хайысхата дириҥ суолталааҕын бэлиэтээн туран өйүүрүн уонна биһиги улууска опорнай киин тэриллиэҕин сөптөөҕүнэн ааҕарын туһунан биллэрбитин иһитиннэрдэ.

Күн түмүгүнэн мунньах кыттыылаахтара бүгүҥҥү тэрээһинтэн үлэҕэ-хамнаска үгүс билиини сомсон, айарга-тутарга кынаттаммыттарын санаа атастаһыытыгар иһитиннэрдилэр уонна салҕыы биирдиилээн бырайыактарынан, тиэмэлэринэн дириҥник ырытыһан мунньаҕы чиэппэргэ биирдэ сирэй көрсөн олорон ыытарга  туруорустулар, итиэннэ ыаллыы улуустар опорнай киин Мэҥэ-Хаҥаласка тэриллиэҕин өйөөтүлэр.

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять
Политика конфиденциальности