Бү күннэргэ Дьокуускай куоракка Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи Төрөппүт сугулаана буола турар. Бүгүн олунньу 17 күнүгэр сүрүн мунньах буолан ааста. Төрөппүт сугулаана СӨ Үөрэх уонна билим министиэристибэтин өйөбүлүнэн, “Ийэ тыл кэскилэ” өрөспүүбүлэкэтээҕи хамсааһын, Олонхо ассоциацията, “Күөрэгэй” “Ааҕар Саха сирэ” түмсүүлэр, А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията “Түмэн” ыччат түмүсүүтүн көмөтүнэн тэрийилиннэ. Сүрүн мунньаҕы “Ийэ тыл кэскилэ” хамсааһын салайааччыта Вилюяна Никитина иилээн-саҕалаан ыытта.
Мунньаҕы ыытааччы эппитинэн 2022 сыл сэтинньитигэр буолбут Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна төрүт култуура учууталларын иккис сийиэһин түмүк докумуонугар биир ураты түгэнинэн оҕо сахалыы саҥатын сайыннарар, сахалыы иитэр үлэҕэ төрөппүт түмсүүлэрин, төрөппүт кэмитиэттэрин хайыһыннарыы диэн киирбитэ. Бу үлэҕэ СӨ Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ, улуустар куораттар бары дьаһалталара, үөрэх салалталара, уһуйааннар, оскуолалар, дьон-норуот бары ылсыахтаах диэн Вилюяна Никитина бэлиэтээтэ.
Салгыы сугулаан үлэтигэр иһитиннэриилэрин эттилэр Норуот педагогикатын ассоциациятын салайааччыта Еремей Константинович Чиряев; педагогиика билимин хандьыдаата М.К.Аммосов аатынан ХИФУ доцена Галина Семеновна Попова- Санаайа; “Айыы кыһата№ гимназия Аҕа сүбэтин кыттылааҕа Владимир Шиндикеевич Ю; Өрөспүүбүлэтээҕи лиссиэй интэринээт дириэктэрэ, физика-математика билимин дуоктара, Саха кэнгириэһин бэрэссэдээтэлэ Иван Иванович Шамаев. Иһитиннэрээччилэр кыра оҕо сахалыы саҥарар таһыма мөлтөөбүтүн дьон-сэргэ эрэ буолбакка билим чинчийиилэрэ ону эмиэ туоһулуулларын эттилэр.
Маны таһынан Күөрэгэй түмсүү кыттыылааҕа Валентина Татаева эдэр блогер ийэлэр буолан түмсэн оҕолорун сахалыы саҥардыы туһугар туох үлэ ыыталларын кэпсээтэ.
СӨ Ил Дарханын иһинэн Барҕарыы пуонда бэрэссэдээтэлэ Альбина Поисеева пуонда иһинэн төрөөбүт тылы сайыннарар үлэ барыа диэн эттэ.
Оҕо сайдар эйгэтэ – дьиэ кэргэн. Үөрэх кыһаларын биир сүрүн соругунан оҕо сахалыы саҥатын таһыма, тылын баайын, саҥарар сатабылын сайыннарар үлэ туруохтаах. Ийэ тыл уйата – дьиэ кэргэн. Ийэ, аҕа, эбээ эһээ оҕону кыта төрөөбүт тыл алтыһыытыттан оҕо төрөөбүт тылын ылынар. ЯГНГ эбээлэрин түмсүүлэрин кыттыылааҕа Эльвира Семеновна Петрова тыл эттэ. Эһээлэр ааттарыттан “Ийэ тыл кэскилэ” хамсааһын кыттыылааҕа – эһээ Аркадий Михайлович Самсонов эттэ.
Сарсын төрөппүт сугулаана Н.К. уонна А.Г. Чирээйэптэр ааттарынан ДьКНГ салҕаныа. “Аныгы кэм сатабылларын сахалыы тиэрдэбит” диэн “Күөрэгэй” түмсүү маастар-кылаастара буолуоҕа, маны таһынан тобул түһүлгэтэ уонна түмүк мунньах буолуоҕа.
СӨ Үөрэх уонна билим министиэристибэтин пресс-сулууспата