Уопсай түмүк таһааран биэрбиттэринэн Хорулаҕа туруорсубут боппуруостарынан хочуолунай, сытар балыыһа, уһуйааҥҥа оҕо ахсаана элбэҕинэн сибээстээн эбии пристрой тутуута, СВО сылдьар уолаттарга көмө буоллулар.
Маардар уот сыаната үрдүгүн, балыыһа тутуутун, газ кэлээһинин, сайыҥҥы уу проводын тардыы, мелиорация боппуруостарын көтөхтүлэр.
Дьаархаҥҥа саҥа уот счетчиктарын туоруу, чааһынай дьиэлэргэ благоустройство киллэрии, каадыр, билиэт сыанатын, биэрэги бөҕөргөтүү кыһалҕалара турдулар.
Нэһилиэктэр бары көхтөөхтүк кытыннылар, ыйытыыларыгар сөптөөх хоруйдары ыллылар.
Просмотров: 338